Жители г. Якутска теперь смогут оплачивать все жилищно-коммунальные услуги в одном месте, одним кликом. Это стало возможным, благодаря новому сервису «Объединенный платежный документ», который появился на республиканском портале госуслуг (https://e-yakutia.ru/). К цифровому сервису подключены все ресурсоснабжающие организации г. Якутска, большинство управляющих компаний, ТСЖ, кроме УК «Прометей».
Данный проект упростит оплату квартплаты тем жильцам, которые имеют прямые договора с поставщиками услуг и вынуждены оплачивать каждую коммунальную услугу отдельно на различных сайтах.
Сервис удобен и прост в использовании, в личном кабинете сервиса можно передавать показания приборов учета, получать детальную информацию о начислениях в объединенном платежном документе. Сохраняется архив показаний приборов учета, история платежей, после оплаты сразу отображается чек, который направляется на электронную почту.
По техническим и организационным вопросам для населения работает горячая линия: 8-800-100-77-88.
Для удобства пользователей на портале размещена пошаговая инструкция. Чтобы оплатить квартплату на республиканском портале госуслуг (https://e-yakutia.ru/) на странице «Оплата» выберите «ЖКХ», найдите сервис «Объединенный платежный документ», затем нажмите вкладку «Оплатить все услуги в один клик», добавьте свой домашний адрес и переходите на оплату.
Оплачивать квартплату через сервис «Объединенный платежный документ» можно картой любого банка «МИР», «МаsterCard», «VISA». Причем каждый раз вводить данные по своей квартире не потребуется, они автоматически сохраняются при добавлении домохозяйства.
Сейчас проект в пилотном режиме доступен в г. Якутске, а в следующем году сервис запустят в пяти районах республики: Нерюнгринском, Мирнинском, Ленском, Алданском и Оленекском.
Дьокуускайга олох-дьаһах өҥөтүн барытын биирдэ төлүүр сервис аһылынна
Күн бүгүҥҥэ диэри хомунаалынай өҥөнү оҥорооччулары кытта быһа дуогабардаах дьон хас биирдии өҥөнү тус-туһунан төлүүллэр. «Водоканал», ДЭК, «Сахатранснефтегаз», СӨ Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондатын саайтыгар тус кабинекка киирэргэ парольгун өйгөр тута сылдьар моһуоктаах соҕус. Онно киһи бириэмэтин барыыр уонна табыгаһа суох даҕаны.
Квартплата төлөбүрэ итинник эрэйэ суох буоларын туһугар Дьокуускайга «Олох-дьаһах өҥөтүн төлөбүрүн биир кэлим докумуонун» пилотнай бырайыага олоххо киирдэ. Ол курдук, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор портал Саха сиринээҕи салаатыгар (https://e-yakutia.ru/) олох-дьаһах өҥөтүн барытын биир сиргэ уонна биирдэ төлүөххэ сөп.
Цифровой сервискэ киин куоракка «Прометейтан» ураты дьиэни-уоту салайар үгүс хампаанньалар, дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбалара, хомунаалынай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр киирдилэр.
Сервис биир саамай табыгастаах өрүтэ диэн олох-дьаһах өҥөтүн барытын, ол иһигэр хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун биир сиргэ, биирдэ төлүүр кыахтанныбыт.
«Олох-дьаһах өҥөтүн төлөбүрүн биир кэлим докумуонунан» туттар бэрт судургу, ититиини, ууну, уоту төһөнү бараабыккытын көрдөрөр счетчик дааннайын угуоххутун син. Ону таһынан, төһөнү төлөөбүккүт сервискэ хаалан иһэр. Техническэй уонна тэрээһин ыйытыктарыгар нэһилиэнньэҕэ быһа нүөмэр үлэлиир: 8-800-100-77-88.
Төлөбүрү аан дойду хайа баҕарар уһугуттан оҥоруохха сөп буолан, каассаҕа, бааҥҥа уонна Почта салаатыгар уочаракка турар аны наадата суох.
«Билиҥҥитэ Дьокуускайга олох-дьаһах өҥөтүн биир сиргэ төлүүр сервис суох. Саҥа сервис хомунаалынай өҥөнү оҥорооччулары кытта быһа дуогабардаах дьоҥҥо ордук туһалаах буолуо. Кинилэр хас биирдии өҥөнү «Водоканал», ДЭК, «Сахатранснефтегаз», СӨ Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондатын саайтыгар киирэн тус-туһунан төлүүллэр.
Хас биирдии хомунаалынай өҥөҕө төһө харчы ааҕыллыбытын туһунан иһитиннэриини олохтоохторго үксүн тиэрдибэттэр.
Ол иһин икки сыллааҕыта олох-дьаһах өҥөтүн төлөбүрүн барытын биир сиргэ уонна биирдэ төлүүр сервис арыйарга быһаарыммыппыт.
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор портал Саха сиринээҕи салаатыгар (https://e-yakutia.ru/) баар «Олох-дьаһах өҥөтүн төлөбүрүн биир кэлим докумуонугар» төлөбүр биир сиргэ мунньуллар. Итиэннэ хайдах ааҕыллыбыта өйдөнөр курдук оҥоһуллар», — диэн этэр Алексей Михайлов, бырайыагы сүрүннүүр офис салайааччыта.
Олохтоммут регламент быһыытынан, бары салайар хампаанньалар, өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр дьиэҕэ-уокка төлүөхтээх төлөбүрбүт туһунан иһитиннэриини ый 5 күнүгэр диэри оҥороллор.
Хайа баҕарар баан каартатытан төлүөххэ сөп
Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөнү оҥорор портал Саха сиринээҕи салаатыгар (https://e-yakutia.ru/) олох-дьаһах өҥөтүн «МИР», «МаsterCard», «VISA» хайа баҕарар баан каартатытан төлүөххэ сөп. Сырыы аайы дьиэҥ дааннайын укпаккын, сервискэ дьиэҕин киллэрбитиҥ хаалан хаалар.
Төлөбүр ааспытын туоһулуур квитанция Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар ыйбыт электроннай почтаҕытыгар тута тиийэр. Квитанцияҕа ханнык өҥөҕө төһөнү төлөөбүккүт, хайа тэрилтэҕэ төһө харчыны ыыппыккыт сурулла сылдьар.
Уот, уу, ититии ситимин счетчигын көрдөрүүтүн ый ахсын 20-25 күннэргэ сервискэ киллэриллиэхтээх.
Эквайринг баан быһыытынан «Алмаасэргиэнбаан» ылсан үлэлиир, кини төлөбүр куттала суох ааһарын хааччыйар. Инникитин сервис «Саха сирин олохтооҕун» каартатын кытта холбуу үлэлээн, дьон кэшбэгынан туһанар уонна баал мунньар кыахтаныа.
Бырайыак агрегатора — «ЯПК Платежи» ХЭТ, хампаанньа дьиэни-уоту Салайар хампаанньалары, Дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларын, хомунаалынай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсэр уонна счетчик көрдөрүүтүн, төлөбүр кээмэйин түмэн, төлөбүрү ылааччыларга тиэрдэр.
Сервис салгыы улуустарга тарҕаныа
Биллэн турар, олох-дьаһах өҥөтүн онлайн төлүүр сервис билигин элбэх, онтон хайатын таларын киһи бэйэтэ быһаарар. «Олох-дьаһах өҥөтүн төлөбүрүн биир кэлим докумуонун» саамай табыгастаах өрүтэ — туһанааччы судаарыстыбаннай порталга олох-дьаһах өҥөтүн барытын биирдэ төлүөн сөп.
Бырайыагы сүрүннээччилэр этэллэринэн, үгүс хампаанньалар нэһилиэнньэттэн хамыыһыйа харчытын ылбаттарын курдук кэпсэтии барда. Күн бүгүн «ДЭК» ПАО уонна «Сахатранснефтегаз» АУО эбии төлөбүр ылаллар. Маны сэргэ, хас биирдии өҥөнү оҥорооччуну кытта хамыыһыйа харчытын ылбаттарын, эбэтэр хамыыһыйаларын кыччаталларын туһугар үлэ барар.
Пилотнай бырайыак билигин Дьокуускай куоракка үлэтин саҕалаата, онтон 2023с. бастакы түһүмэх быһыытынан, сервис Нерюнгри, Мииринэй, Ленскэй, Алдан оройуоннарыгар уонна Өлөөҥҥө тарҕаныаҕа.